Биһиги дойдубут — Саха сирэ соболоох күөллэринэн баай. Бу дойду олохтоохторугар балыктааһын син биир бултааһын курдук олохторун-дьаһахтарын биир сүрүн көрүҥэ буолар. Онон өбүгэлэрбит саҕаттан собо барахсан төрүт уонна күндү аспыт буолар. Собону күөлүттэн, кээмэйиттэн көрөн араастаан ааттыллар, оннооҕор амтана кытары уратылаах буоларын бэлиэтииллэр. Дьон кэпсэтиитигэр «Кэбээйи собото», «Чурапчы собото», «Үрүҥ күөл собото», «Илим собото», «Быччыкы», «Бочоох» игин диэн этэллэрин үгүстүк истэн аһардабыт. Онон аҥардас биир собону араастаан ааттыыларыттан да көрдөххө, саха тыла баай терминологиялаах диэн бэлиэтиэххэ сөп.
Балыктары анаан-минээн үөрэппит Ф.Н. Кириллов собо араас аатын хомуйан үөрэппитэ. Кэлин онно эппиттэринэн, уопсайа 70-тан тахса аат баарын суруйан тураллар. Ол курдук собону – “адаҕа, собо, бочоох, бөкөй, бөчөөх, былдьыпааска, быллараан, быллыгынай, быллый, быллыкы, быллырыыска, бырыкынай, бычаах, быччык, быччыкы, бырыкы, быччыыла, быыччыт, бэчээнэй, дыыгынай, дыыдыгый, дьырыы, дьыыгыр, илим собото, илим тэрээгэ, көбөөх, көбүкү, куобах кулгаах, куралай бөчөөх, күндэ уола, күн харах, күөндэ, күүгүр, күкүүр, кэтэх харах, көбөөх, кэчир, лоҕуор собо, лочороох, лөчөрөөх, лукаах, лыкы уола, морот, моруот собо, мотоҕо, мыччыкы, ньаҕар, ньаҕара, ньаҕаһа, ньыгый, ньыгыйан, ньык, пылла, собо, собо уола, суухара собо, тыһаҕас собо, тэрээн собо, тэһэ оборор собо, уу күөгэйэ, уу кымньыыта, уу мээнэтэ, үрүҥ тумус, хабахый, хаччалла, хомуос харах, чачыр, чөркө, чычыр, чэккэ, чэркэ, ытаһа балык, эбиэн чэркэй”. Бу ааттар үгүстэрэ түөлбэ, диалект тыла быһыытынан туттуллаллар, онон олохтоох сиригэр чопчу өйдөнөр тыллар…
Сут дьылларга собо барахсан элбэх саханы быыһаабыта, үгүс киһини өлүүттэн өрүһүйбүтэ, дьоҥҥо – сэргэҕэ эрэли, тулууру, кыаҕы иҥэрбитэ. Билигин собону ким хайдах сөбүлүүрүнэн араастаан буһараллар. Кини минньигэс эрэ буолбакка, олус туһалаах битэмииннэринэн баай, ол туһунан собону сиир бары норуоттар чинчийиилэригэр үгүстүк суруйаллар.
Онон собо биһиги норуокка ураты суолталаах балыктар ахсааннарыгар киирэр. Собоҕо анаан Дьокуускайга пааматынньык турбута. Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр Үрүҥ Күөлгэ байыаннай суолталаах балык артыала тэриллибитэ 80 сылыгар анаан нэһилиэккэ киирии кыраныыссатыгар собоҕо анаан өйдөбүнньүк бэлиэни туруорбуттара. Салгыы ити этиллибит нэһилиэкпитигэр –Түбэҕэ, Марита Афанасьевна Сивцева собоҕо анаммыт түмэли бэйэтин баҕа өттүнэн тэрийэн үлэлэтэр. Аан бастакы хардыыларын 2022 сыллаахха тохсунньуттан саҕалаабыт, салгыы «Ытык эбэбит Үрүҥ Күөл – күндү бэлэҕэ Собо» диэн бырайыак быһыытынан толкуйдаабыт.
Бу кылгас кэм иһигэр собо түмэлигэр араас матырыйааллартан: таҥастан, мастан, хордуонтан, тимиртэн, туойтан, оҕуруоттан о.д.а. араас соболору бэйэ илиитинэн оҥорон олохтоохтор, дьүөгэлэр, аймахтар туттарбыттар. Хотуобай, эксклюзивнай соболор эмиэ бааллар. Холобур, 80-с сыллардааҕы истиэнэҕэ ыйанар собо ойуулаах, саха сирин сувенирын атын регионтан булан, түмэлин хаҥаппыт. Маны таһынан, олорон ааспыт Үрүҥ Күөл балыксыттарын моһуоннарынан полимернай глинанан куукулалар бааллар. Куукулалар айыллан тахсалларыгар Арбын оскуолатын технология учуутала Исакова А.А. төбөлөрүн, илиилэрин-атахтарын форматын оҥорон, Түбэ оскуолатын директора Шарина Е.И. сирэйдэрин-харахтарый уруһуйдаан, балыксыттар аймахтара таҥастарын тигэн төһүү күүс буолбуттар. Оҥоһуктар таҥастара-саптара үүт-үкчү балыксыттар дьиҥнээх олохторугар кэтэ сылдьыбыт таҥастарын копията буолаллар. Онон куукулалар тас көстүүлэрэ бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар. Марита Афанасьевна собо ойуулаах, собо моһуоннаах иһиттэри анаан атыылаһар, сакаастыыр эбит. Сорохторун соҕуруу баран кэлбит дьон бэлэхтииллэр эбит. Элбэх собо оҥоһуга Нам улууһун хоту нэһилиэктэрин уһуйааннарын ортолоругар төрөппүттэр ортолоругар ыытыллыбыт күрэхтэн киирбит. Собо түмэлин биир уратыта — оҕолору оонньотор аквариум. Аквариум бэйэтэ туспа интэриэһи тардар. Онно балыктары ыытан оҕолору муҥхалаталлар, оҕолор муҥха эйгэтин билсэн олус астыналлар. Онон Түбэлэр собоҕо анаммыт түмэли бастакынан арыйбыт дьон буолаллар.
Дьэ, ити курдук Марита Афанасьевна өссө да инникитин былаана киэҥ. Кини курдук энтузиаст, бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин, интэриэстэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар дьон баар буолан, олох эгэлгэ дьүһүннэнэн киэркэйэр.
Мария ПЕТРОВА