От ыйын 31 күнүгэр, Саха сирин биллэр поэта, тылбаасчыта, ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ Илья Дорофеевич ВИНОКУРОВ — ЧАҔЫЛҔАН 110 сылын бэлиэтээтибит. Сарыарда бу күн «Саха» көрдөрөр-иһитиннэр хампаанньа «Саҥа күн» биэриитигэр Чаҕылҕан үбүлүөйүнэн Нам улууһун баһылыгын солбуйааччыта Юрий Вячеславович ДЬЯКОНОВ, Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин Чаҕылҕан аатынан литературнай түмэлин сэбиэдиссэйэ Анна Семеновна НИКОЛАЕВА уонна Галина Кривошапко аатынан Государственнай филармония артыыһа, Бүтүн Арассыйатааҕы конкурстар лауреаттара Петр ПОПОВ кыттыыны ылан кэллилэр. Петр Попов «Хайыһар» ырыаны Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Михаил Павлов баянынан доҕуһуолугар ыллаата.
Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр Илья ЧАҔЫЛҔАН 110 сыллаах үбүлүөйүн көрсө үөрүүлээх тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, 11 чаастан Чаҕылҕан пааматынньыгар сибэкки уурааһыныттан саҕаланна. Манна Нам улууһун баһылыга Юрий Иннокентьевич СЛЕПЦОВ уонна Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Дмитриевич НОГОВИЦЫН эҕэрдэ тылларын эттилэр. Анна Ефимовна ВАСИЛЬЕВА салайааччылаах «Чаҕылыс» бөлөх толорууларыгар “Туругур, Чаҕылҕан поэзията” диэн литературнай дьүһүйүүнү ыалдьыттар олус долгуйан, иһийэн туран иһиттилэр.
Салҕыы «Чороон» норуот айымньытын киинин зрительнай саалатыгар Илья Чаҕылҕан «Талыллыбыт айымньылар» икки туомнаах кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолла. Сүрэхтэниини Петр Сивцев аатынан Нам түмэлин салайааччыта Александр Иванович КОПЫРИН бэрт сэргэхтик иилээн-саҕалаан ыытта. Бу иннинэ Чаҕылҕан Талыллыбыт айымньыларын кинигэтэ бүтэһигин 1972 эрэ сыллаахха бэчээттэммитэ. Кинигэлэр: 1 туома — Чаҕылҕан Талыллыбыт айымньылар Хоһооннор. Поэмалар. Остуоруйалар. Кэпсээннэр. 2 туома — Талыллыбыт айымньылар. Тылбаастар: Хоһооннор. Поэмалар. Хоһоонунан драмалар. Икки туомҥа иккиэннэригэр хас биирдии айымньыга научнай комментарийдаах: бу айымньы хаһан, хаста, ханна тахсыбыта ыйылынна. 2025 сылга бу икки туомҥа эбии үһүс туом бэчээттэнэн тахсара былааннанар. Манна, Чаҕылҕан урут хаһан да бэчээттэммэтэх айымньылара тахсаллара күүтүллэр. Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун салайааччыта Сардана Ильинична БОЯКОВА бэйэтин санаатын кэпсээтэ, кинигэҕэ үлэлэспит, эппиэттиир редактор уонна хомуйан оҥорооччу Лидия Николаевна РОМАНОВА-саха биир биллэр литературоведа эмиэ санаатын үллэһиннэ, кинигэ таҥыытын хаамыытын кэпсээтэ.
Эбиэттэн киэһээ икки документальнай киинэ көрдөрүүтэ буолла. Быйыл ыһыахтар саҕана «Аммаҕа Кыайыыны түстүүр ыһыах туһунан 1944 сыллаахха уһуллубут киинэ көстүбүт» — үһү диэн сонун тэлэһийэ көппүтэ. Бу киинэ аммаларга эрэ буолбакка, биһиэхэ, намнарга эмиэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, аудиовизуальнай нэһилиэстибэ киинин үлэһиттэригэр эмиэ соһуччу бэлэх буолла. Оччотооҕуга Амма өрүс кытылыгар ыһыах ыһыллан, үс күн устата барбыт. Биһиги улууспутугар саамай суолталааҕа бу киинэҕэ Илья Чаҕылҕаммыт тыыннаах мөссүөнэ, быйылгы үбүлүөйдээх сылыгар көстөн кэллэ. Саалаҕа олорор ыалдьыттар кини тыыннаах мөссүөнүн көрөн, үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн ытыс тыаһын бэлэхтэстилэр. Бу киинэни Иван Жараев аатынан Саха республикатын норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин үлэһиттэрэ Анна Владимировна ПШЕННИКОВА, Марфа Валентиновна ЭВЕРСТОВА Москва куорат Красногорскай архыыбыгар муус устарга матырыйаал көрдүү сылдьаннар түбэһэн булан аҕалбыттар. Киинэ кэнниттэн, биир дойдулаахпыт, Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинин салайааччыта Степан Иванович МОСКВИТИН уонна Анна Владимировна ПШЕННИКОВА эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Иккис «Чаҕылҕан» диэн документальнай киинэни Петр Сивцев аатынан Нам түмэлин киновидеоархивын үлэһиттэрэ, ПОПОВА Вера Дмитриевна салайааччылаах Мария Иннокентьевна ПЕТРОВА уонна Станислав Егорович СЛЕПЦОВ оҥорон бэлэмнээн бу күн дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэх уунан көрдөрдүлэр, сүрэхтээтилэр. Манна, Чаҕылҕан поэт эрэ быһыытынан биллэр диэн буолбакка, кини араас өрүттээх талаанын арыйан көрдөрдүлэр, кэлбит дьон-сэргэ олус интэриэһиргээн көрдө-иһиттэ.
Бу кэннэ, общественность үөрүүлээх мунньаҕа саҕаламмыта. Мунньаҕы «Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иван Дмитриевич НОГОВИЦЫН иилээн-саҕалаан ыытта. Чаҕылҕан айар үлэтин туһунан элбэх дьон сэҥээритин ылар дакылааттар ааҕылыннылар. Ол курдук, филологическай наука доктора, литературовед, филолог Зоя Константиновна БАШАРИНА. Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлин научнай сотруднига, СӨ култууратын туйгуна Ефросинья Семеновна НОГОВИЦИНА, Россия суруналыыстарын Сойууһун уонна Нуучча георграфическай уопсастыбатын чилиэнэ Валентина Дмитриевна ПЕТРОВА, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ үрдүк анал үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, Нам улууһун ытык киһитэ, СӨ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччыларын сойууһун уонна СӨ суруйааччыларын сойууһун Арассыыйа тылбаасчыттарын сойууһун чилиэнэ Лина Михайловна САБАРАЙКИНА, Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин Чаҕылҕан аатынан литературнай түмэлин сэбиэдиссэйэ Анна Семеновна НИКОЛАЕВА.
«Нам улууһун» МТ баһылыгын солбуйааччыта Юрий Вячеславович ДЬЯКОНОВ эҕэрдэ тылын кэннэ, Поэт сырдык аатын үйэтитиигэ үлэлэспит дьоҥҥо улуус баһылыгын аатыттан Бочуоттаах грамоталары, махтал суруктары туттартаата. Чаҕылҕаны тыыннаахтыы көрбүт туоһу киһибитигэр, Чаҕылҕан сиэн балтытыгар, ытык кырдьаҕаспытыгар Лина Михайловна САБАРАЙКИНАҔА «СӨ Бочуоттах кырдьаҕаһа» диэн түөскэ анньыллар бэлиэни туттарда. Маны таһынан, Лина Михайловнаҕа «Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иван Дмитриевич НОГОВИЦЫН «Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ сайдыытыгар кылаатын иһин» түөскэ анньыллар бэлиэни туттарда. Ону тэҥэ, Иван Дмитриевич махтанан үйэтитиигэ үлэлэспит, кылааттарын киллэрсибит тустаах дьоҥҥо Бочуоттаах грамоталары уонна махтал суруктары туттарда.
Бу кэннэ эҕэрдэ тыллары СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, Конституционнай уонна Үрдүкү суут астаапкаҕа сылдьар судьуйата Игорь Игнатьевич НИКОЛАЕВ эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев аатыттан Нам улууһун Аҕа баһылыгар Юрий Иннокентьевич СЛЕПЦОВКА эҕэрдэ сурук туттарда. Ону таһынан, «Күрүлгэн» сурунаал кылаабынай редактора Афанасий Гаврильевич ГУРИНОВ-Арчылан, «Сахабэчээт» судаарыстыбаннай автономиялаах тэрилтэтин генеральнай директорын советнига, СӨ Духуобунаһын академиятын чилиэнэ Валентина Ивановна БОЧОНИНА. Валентина Ивановна, СӨ Духуобунас Академиятын аатыттан Бочуоттаах грамотаны Нам улууһун Аҕа баһылыгар Юрий Иннокентьевич СЛЕПЦОВКА туттарда.
Тэрээһиннэри Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Граф Биэрэгин “Ивушка” вокальнай ансаамбыла Чаҕылҕан хоһоонугар “Төрөөбүт дойду туһунан ырыа”, Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччытын солбуйааччы Прасковья БАЙАНАЕВА «Чаҕылҕаҥҥа» диэн хоһоонунан, Галина Кривошапко аатынан Государственнай филармония артыыһа, Бүтүн Арассыйатааҕы конкурстар лауреаттара Петр ПОПОВ Чаҕыл5ан хоһоонугар «Дьокуускай үрдүнэн» диэн Эдьиий Марыына репертуарыттан ырыанан, Нам селотун ветераннарын “Иэйии” кулууба Чаҕылҕан хоһоонноругар дьүһүйүүлэринэн киэргэттилэр.
Түмүккэ, ССРС уонна Российскай Федерация Ис дьыалатын министерствотын туйгуна, Российскай Федерация баһаарынай сулууспатын бастыҥа Иван Яковлевич ГОТОВЦЕВ Чаҕылҕан аймахтарын ааттарыттан Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин Чаҕылҕан аатынан литературнай түмэлигэр,эһиил саҥа дьиэҕэ киирэллэригэр көмө оҥорон 125 тыһыынча үбүнэн көмө сертификатын түмэл салайааччытыгар Александр Иванович КОПЫРИҤҤА үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Ол курдук, тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ааһан ыалдьыттар махталлара муҥура суох. Ылдьаа Чаҕылҕаммыт аата кэлбит ыалдьыттар харахтарыгар олох саҥа өттүнэн арыллан, кини киэҥ арааас өрүттээх талааныттан сөҕөн-махтайан бардылар. Кини сырдык үтүө аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа. Кэлэр кэнчээри ыччат кини айымньыларын өрө тутан ааҕыа-билиэ, үөрэтиэ диэн эрэнэбит.