Бэҕэһээ, сэтинньи 13 күнүгэр Саха республикатын маҥнайгы президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ этэ. Кини сырдык аатын санаан, биһиги бүгүн Нам, Уус Алдан улуустарын бочуоттаах гражданина, педагогической наука кандидата, РФ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Саха государственной педагогической академиятын ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа отделениетын уонна кафедратын сэбиэдиссэйинэн, 1989-2003 сылларга Намнааҕы педколледж директорынан үлэлээбит Василий Петрович ИВАНОВ 2009 сыллаахха тахсыбыт «Намнар Михаил Ефимович Николаев туһунан» диэн кинигэҕэ тахсыбыт олус истиҥ ыстатыйатын таһаарабыт.
АСТЫНАБЫН, КИЭН ТУТТАБЫН
Михаил Ефимович Николаевы — биһиги бастакы президеммитин кытта кини өрөгөйдөөн үлэлии сырыттаҕына аҕыйахта да буоллар алтыһан, кини оҥорбут киэҥ былааннарыттан биир түһүмэҕи олоххо киллэрсибиппин олоҕум биир бастыҥ ситиһиитин курдук саныыбын.
Михаил Ефимович бастаан биһиэхэ 1990 сыллаахха РСФСР Үрдүкү Сэбиэтигэр депутакка кандидат быһыытынан Саха Республикатын Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун председателинэн үлэлии олорон, Намҥа тахсан быыбардааччылары кытары көрсүһүү бэрээдэгинэн сылдьыбыта.
Оччолорго биһиги сүрүн кыһалҕабыт үөрэнэр таас дьиэни туруорсуу, туттарыы этэ.
Кырдьыга да, биһиги училищебыт 50-с сылларга тутуллубут эргэ базаҕа үлэлии олорбута. Суурбэччэ дьиэнэн сүүрэ сылдьан үөрэнэн, үлэлээн, олорон кэлбиппит.
Соҕурууттан сылдьар дьон «бараактарга олороллор, үлэлииллэр» диэн тиийэн кэпсииллэр этэ. Ону биһиги өссө өһүргэнэ соҕус истэрбит. Дьэ, кырдьык, XXI уйэҕэ үктэнээри олорон ыччаттарбытын итинник усулуобуйаҕа үөрэтэрбит, олордорбут олус хомолтолоох да, кыбыстыылаах да курдук этэ.
Оччотооҕу бириэмэ көстүүтүнэн эбитэ дуу, Намҥа таҕыстаҕына биһиэхэ сырытыннарыахтара суоҕа, норуот хаһаайыстыбатын кыһалҕата оннооҕор элбэх диэн санааттан дьиксинэн, хайаан да сырытыннаран, көрсүһүннэрэн, кыһалҕабытын туруорсарга быһаарынан, тахсыан иннинэ куоракка приемнайыгар сурук киллэрэн биэрбиппит.
Баҕар, ол иһин буолуо, Намҥа тахсаат да, аан маҥнай биһиэхэ кэлбитэ уонна 2,5 чаас устата училище дьиэтигэр-уотугар сылдьан, хайдах олорорбутун-үлэлиирбитин олус ымпыктаан-чымпыктаан көрбүтэ биһигини астыннарбыта. Toҕo диэтэххэ, наһаа улахана да суох салайааччыларбыт оччолорго диэри итинник иҥэн-тоҥон биһигини көрбүттэрэ-билсибиттэрэ cyoҕa. Кини тутатына ол үчүгэй, бу куһаҕан диэбэтэҕэ. Арай, дьиэ тутулларыгар сөптөөх эбиккит диэн быһаарбыта уонна быыбардааччылары кытары көрсүһүү бүтүүтүгэр биһиэхэ үөрэнэр база тутуллара сөбүн, бырайыагы оҥоро охсор наадатын эппитэ. Онно биһиги сөптөөхтүк эрэ көрүстүбүт дии санаабатахпыт, үлэбитин-хамнаспытын сыаналаата диэн үөрсүбүппүт. Ол туоһутунан аҕыйах хонон баран, Михаил Ефимович миэхэ дьиэбэр киэһэ телефоннаан бэрт түргэнник бырайыак оҥорторорбор эппитэ уонна ол иннинэ Бэстээх оскуолатын баран көрөрбөр сүбэлээбитэ. Мин олус соһуйбутум уонна үөрбүтүм. Бу аата дьиҥнээхтик олоххо киирэр дьыала буоларыгар улахан эрэл үөскээбитэ.
Бырайыак оҥорторор судургута суох дьыала буоларын биһиги тутууга саҥа ылсар дьон бигэтик өйдөөбүппүт. «Гражданпроект» института көннөрү бырайыагы оҥоруон баҕарбатаҕа, «индивидуальнайы туруорус» диэн буолта. Ол иһин мин Михаил Ефимовичка хаста да суруйа сылдьыбытым, кэлин Намҥа быыбар кэнниттэн тахса сырыттаҕына, 1990 сыл бүтүүтэ эбэтэр 1991 сыл саҥата этэ, быһыыта, көрсүбүтүм. Ол иннинэ Нам баһылыга Дмитрий Федотович Алексеевка: «Киһин хаппырыыстыыр, сирэр-талар», — диэбит этэ. Мин хаппырыыстыырым, сирэрим-таларым кэлиэ дуо. Тутууга туох да уопута суох буолан, ким туох диэбитинэн сүүрэ сырыттаҕым. Онтон мунньах тохтобулугар Михаил Ефимович көрсөн: «Дьэ, кытаат, бытааран эрэҕин, быһыы-майгы уларыйаары турар, адьас түргэнник бырайыаккын бүтэртэр», — диэбитэ.
Дьэ, ол да буоллар биһиги кыайан тургэтээбэтэхпит.
Соруйан, «көлүөһэбитигэр мэһэйи уган» бытаардааччылар да бааллар этэ. Онон, бырайыакпыт 1992 сыллаахха бүтэн баран тохтоон, долбуурга ууруллан сыппыта. Ол гынан баран, Михаил Ефимович эппит тылыгар турарын, умнубатын биһиэхэ көрдөрбүтэ. Ол курдук 1995 сылга баһылыктар быыбардарын саҕана эмиэ көрсүһүү буолбута. Эмиэ бэркэ иҥэн-тоҥон көрбүтэ-истибитэ уонна бу сырыыга инники хайдах сайдыахпыт сөбүн наһаа туоһуласпыта. Ол саҕана мин бырайыактыыр ньыманан үлэлии олорор, дизайн хайысхатыгар Россия үөрэҕин министерствотын экспериментальнай площадката буолбут Нальчиктааҕы дизайн уонна технология колледжын үлэтин кытта билсибитим.
Онно бырайыактыыр ньыманан Англия уопутунан үлэлии олороллорун олус сэргээбиппит. Ол биһиги көрүүлэрбитигэр сөп түбэһэрин уонна оҕоҕо айар хайысханы биэрэргэ олус сөптөөх ньыма буоларын, манан сайдыахтаахпытын сөп диэн кэпсээбитим. «Apaaha, cөn хайысханы талбыккыт», — диэбитэ уонна 32000 куб. метр объемнаах тутууну 1,5 сыл иһигэр туттарабыт, 1996 сыл балаҕан ыйын 1 Кунугэр үлэҕэ киллэрэбит диэн эппитигэр оччотооҕу биһиги колледжпыт дьонуттан ордук дьоллоохтор, apaaha, суох буоллахтара буолуо. Ол тылын кини чахчы толорбута. Олус урдук сололоох, эппиэттээх, кыһалҕалаах улэҕэ сылдьар киһи биһиги дьиэбит тутуутун балтараа сыл устата тус хонтуруолга тутан, туттаран биир сыл тоҕус ыйынан үлэҕэ киллэттэрбитэ.
Кини тутууну үчүгэйдик ыытары уонна чуолаан үөрэнэр, олорор ыччат бэйэтин бириэмэтигэр куоратыттан, тыатыттан тутулуга суох үчүгэй, сөптөөх усулуобуйалаах буолуохтаах диэн тутааччыларга уонна салайааччыларга кытаанах ирдэбили туруорар эбит этэ. Ол туоһутунан икки холобуру аҕалыахпын сөп.
Ол курдук, уорэх корпуһа тутуллан бүтүөн иннинэ 1996 сыл сайыныгар президеҥҥэ сүбэ мунньахха ыҥырыллан сылдьыбытым. Урут буоларын курдук, үөрэх корпуһун ис тэрилигэр сакаасчыт «Сахавнешстрой» олус кыра үбү көрбүт. Тэрили, миэбэли подрядчик билэр фирматын нөҥүө омук сириттэн аҕалаары гынар. Мин туруорсабын. «Үп суох», — дииллэр. Михаил Ефимович онно тутуу уонна үөрэх министерстволарыгар кытаанах ирдэбили туруорбута: «Канадаҕа тутуу сметатын сыанатыттан ис тэрилигэр, отделкатыгар 40% биэрэллэр, оттон биһиэхэ 4%-ны. Ол аата харчы тааска уонна буорга кутуллар. Маннык табыллыбат. Үбү оборудованиеҕа булгуччу эбин, оҕолор сайдалларын туһугар». Дьэ, ол иһин үөрэх корпуһа аныгы миэбэлинэн, станоктарынан, иистэнэр тэрилинэн, компьютердарынан, гиипсэ оноһуктарынан сөптөөхтүк хааччыллыбыта.
Иккис холобур: «Уопсай дьиэ тутуутун бырайыагар хайаан да профилакторийы киллэриҥ. Тоҕо диэтэххэ, үксүн тыа сириттэн кэлэр араас кыһалҕалаах оҕолор олоруохтара, кинилэр хайаан да көмүскэллээх, доруобуйаларын көннөрүнэр усулуобуйалаах буолуохтаахтар», — диэн ирдэбил туруорбута. Хомойуох иһин, кэнники уопсай дьиэ киириитин саҕана бырайыакка көрүллүбүт профилакторий үбэ көстүбэккэ олоххо киирбэтэҕэ. Билигин ол хостор олох да атын хайысханан туһаныллан тураллар.
Дьиэбит улэҕэ киирэрин саҕана: «Apaaha, эһиэхэ наһаа улахан дьиэ буолсу дуу?» — диэн ылбыта эрээри, кэлин сылларга биһиги сөптөөх соҕустук олорорбутун көрөн, мин санаабар, астынар этэ. Ол курдук, бэрт элбэх делегациялары бэйэтэ да илдьэ сылдьан, анаан-минээн ыытан да көрдөрөр этэ. Биһиги биирдэ да түһэн биэрбэтэхпит. Кини тыа сирин сайдыытыгар уонна үөрэхтээһиҥҥэ ыытар политикатын көрдөрөр биир тирэх тэрилтэ буолбуппут дии саныыбын. Ол курдук Россия үөрэҕин солбуйар миниистирдэрэ Жураковскай, Киселев, Дальнай Восток федеральнай уокуругар РФ Президенин бэрэстэбиитэлэ Пуликовскай, Москва университетын ректора Садовничай, Россия ректордарын холбоһугун солбуйар президенэ Романов уо.д.а. сылдьыбыттара, хайҕаабыттара. Мин өйбөр ордук биһиги баар-суох худуоһунньукпут, академик А.Н. Осипов дьиэбит малааһыныгар санаа атастаһарыгар эппит тыллара хатаммыта. Ол курдук, кини: «Мин элбэх сиргэ сырыттым, элбэх араас үөрэнэр, үлэлиир дьиэлэри көрдүм да, бу маннык тас көрүҥүн кытта ис хоһооно сөп тубэһэр дьиэни маҥнай көрдүм», — диэбитэ. Дьэ, ити улахан сыанабыл этэ. Ол курдук Санкт-Петербургтан сылдьар улахан худуоһунньук, искусство үтүөлээх деятелэ, профессор В.А. Леднев: «Мин аан дойдуну кэрийдим ахан да, маннык анаан-минээн тутуллубут, ис хоһоонугар эппиэттиир үөрэх дьиэтэ, арааһа, Россияҕа эрэ буолбакка, Европаҕа да сэдэх көстүү буолуо», — диэн бэлиэтээбитэ. Оттон, Аляска биир улахан үөрэҕин тэрилтэтин директора: «Бу эһиги курдук, мин оҕолору үөрэтиэхпин баҕарабын да кыалла илик, биһиэхэ технология диэни компьютерга эрэ үлэлэтэбит, ол эрэ барытын баһылыыр. Оттон оҕо бэйэтин өйүнэн тобулан, илиитинэн тутан-хабан оҥороро ол биһиги сорукпут эрэ, эһиги ону хайыы сах олоххо киллэрбиккит», — диэн бэлиэтээбитэ уонна онтон да атын этиилэр барыта биһиги ылыммыт хайысхабыт сөбүн, ону биһиги бастакы президеммит М.Е. Николаев таба өйдөөн күүстээх өйөбүл оҥорбутун туоһута буолбута.
Михаил Ефимович кэлин да биһиги үөрэхпит кыһата сайдарыгар тус кыһамньытын уурбута. Ол курдук, Намна асфальт суол кэлиитин үөрүүтүгэр тахса сылдьан миигин ыҥыран туох былааннаахпытын, кыһалҕалаахпытын ыйыталаспыта. Мин институт буоларга кадры олохсутуу наадатын уонна үөрэх корпуһугар сөп тубэһэр студеннар олорор уопсай дьиэлэрин тутуу боппуруоһа тирээн турарын эппитим. Ол урут да улахан сорук быһыытынан кэпсэтиигэ турара гынан баран, бу сырыыга олус тургэнник быһаарыллыбыта. Ити балаҕан ыйыгар этэ. Сыл бүтүөр диэри свая туһэриитин саҕалыырга тутуу миниистирэ Ю.Н. Буслаевка уонна улуус баһылыга А.Н. Ядреевка сорудах биэрбитэ. Дьэ, ити курдук Михаил Ефимович биһиги сүрүн боппуруостарбытын олоххо киллэрэргэ быһаарар оруолу ылбыта.
Кини республика уонна Россия сайдыытыгар ыыппыт уонна ыыта сылдьар киэҥ далааһыннаах үлэтигэр үөрэхтээһини сайыннарыы биир саамай сүрүн миэстэни ыларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини этэринэн: «Үөрэхтээһин — нация духуобунай, социальнай, экономический култуурата, олох сайдыытыгар сүрүн оруолу ылар, … нация интеллегэ, үөрэҕириитэ, билиитэ кини симэлийбэтигэр уонна сайдыытыгар сүрүн төһүү буолаллар…» («Родом с севера», 92, 93 стр.). Дьэ, ол иһин кини кыра, улахан диэбэккэ ити хайысханан үлэлиир тэрилтэлэри, специалистары, үөрэнэр ыччаттары өйөөн тус сыаллаах, инникини өтө көрүүлээх үлэтин биһиги бары да билэбит. Ордук чуолаан хотугу эргимтэҕэ сытар аан дойду бары государстволарын бу эргимтэ кийи аймахха суолтатын, инники оруолун өйдөтүүтүгэр, бииргэ үлэлээһиҥҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, айылҕаҕа сыһыаҥҥа, культураларын харыстааһыҥҥа уонна салгыы сайыннарыыга олус улахан суолталаах үлэни ыытан кэллэ.
Ол кеһүннэ — биһиги республикабыт ааспыт уйэ 90-с сылларыттан ыла үөрэхтээһиҥҥэ, искусствоҕа, культураҕа, доруобуйа харыстабылыгар уо.д.а. хайысхаларга иннин диэки күүскэ сайдыытыгар. Биһиги ыччаттарбыт, искусствобыт маастардара, спортсменнарбыт олимпиадаларга, конкурстарга, көрүүлэргэ Россияҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга тиийэ күүскэ таҕыстылар, билиниини ыллылар. Ити барыта 90-с сыллартан Россия бастыҥ уонна аан дойду аатырбыт уерэҕин тиһигэр сүүһүнэн, тыһыынчанан ыччаттарбыт үөрэнэн, аан дойду устун сылдьан, көрөр ыырбыт кэҥээбитин, өйдөбүлбүт дириҥээбитин көрдөрөр. Биһиги, урут хаалыылаах, кытыы, кыра норуоппут дэнэр дьон, билигин аан дойду норуоттарыттан тугунан да итэҕэһэ суохпутугар, өссө инники күөҥҥэ да сылдьыахпытын сөбүн итэҕэйэн эрэбит.
Дьэ, ити буолар норуоту идеянан, үөрэҕинэн уһугуннарыы диэн. Ити М.Е. Николаев сүрүн ситиһиилэриттэн биирдэстэрэ. Николаевы төһө мөхтүлэр, саҥардылар этэй, үбү- харчыны соччо-бачча туһата суох тутууларга ыытта диэн.
Дьиҥинэн, ити университет корпуһа, медицинскай киин, үөрэх, искусство, культура дьиэлэрэ хайдахтаах курдук билигин барыбытыгар туһалыы туралларый? Комдрагмед, Саха театра курдук дьиэлэрэ суох аныгы Дьокуускай суох.
Мин саныахпар, итинник тутуулары М.Е. Николаев күүскэ үбүлээбэтэҕэ буоллар, саха архитектуратыгар сайдыы арыллыа суоҕа этэ, оччоҕо билигин күүскэ тутулла турар бары киэн туттан эрэр республикабыт киинэ да тутуллара балачча атахтаныа этэ. Билигин Саха сирин архитектордарын ситиһиилэригэр суолта биэрэн, Россия архитектордарын салалтата Дьокуускайга анал мунньаҕын ыытта. Билиҥҥи Дьокуускайга уонна тыа сиригэр барар үгүс тутуулары мин М.Е. Николаев саҕалаабыт үтүөтүнэн салҕанар диибин. Онтон атын буолбатах. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Барыта биирдэ баар буолбат. Стратегия былааҥҥа олодурар. Былааҥҥа уочарат баар. Онон, уочаратынан барыта иннин диэки барыахтаах этэ. Оннук да баран иһэр. Олох сайдыытынан.
Биһиги билиҥҥи президеммит биһиэхэ уонна Россияҕа улахан аптарытыатынан туһаныан туһанар. В.А. Штыров оҥорбут уонна көмүскээбит мегапроектара олоххо киирэн республикабыт туһугар күүскэ туһалыылларыгар баҕабыт олус улахан. Оттон М.Е. Николаевы, мин саныахпар, киһи туохха да буруйдуура суох. Кини саамай ыарахан, бутуурдаах бириэмэҕэ бэйэтин республикатын, норуотун туһугар турууласпыт, чиэстээхтик көмүскэспит уонна инники сайдыыга тириэрдибит билиҥҥи сахалартан биир саамай уһулуччулаахтара. Онон, мин олохпор кини курдук улахан буукубаттан суруллар ааттаах киһини кытта алтыспыппыттан астынабын, киэн туттабын.