Олоҥхо ыһыаҕа. Тимир уустар күрэхтэрэ

XIII Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн биһиги музейбыт улахан эппиэтинэс ылынан, аан маҥнайгылартан биирдэстэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи тимир уустарын күрэҕин саха тимириттэн оҥоһуктары оҥорууга ыытта. 
Бэс ыйын 19-21 күннэригэр «Тимир болгуо» (саха тимирин ууһаарыы), «Саха тимирэ-бэргэн оноҕос» (оноҕос тебетун оҥоруу), «Саха тимирэ-сытыы быһах», «Ыллыыр хомус» уонна «Бастыҥ батыйа» күрэхтэр ыытылыннылар. Бу күрэххэ уопсайа 40-ча тимир уустара араас улуустартан кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Ол курдук, ууһаарыыга Бүлүү бөлөҕө, оноҕос төбөтүн оҥорууга — Пинигин Алексей, хомус оҥорууга — Быгынанов Прокопий, быһах уонна батыйа күрэҕэр Лебедев Игорь бастаатылар

Обсуждение закрыто.