СУНТААР УЛУУҺА НАМ УЛУУҺУГАР ЫАЛДЬЫТТЫЫР!

Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын саламтата Сунтаардааҕы С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ Саха АССР ускуустубаларын үтүөлээх деятелэ, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, саха норуотун ырыаһыта, тойуксута, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Сэргэй Сибиэрэп – Кыыл Уола 125 сылын көрсө айымньылаах айан II түһүмэҕэ “Сарсын, сарсын, сарсыарда…” быыстапкалаах турнета бу нэдиэлэҕэ кэлэр.

Ытыктабыллаах бар дьоммут!

2023 с. ахсынньы 21 күнүгэр, күнүс 14.00 ч. Намнааҕы история уонна этнография түмэл быыстапкалыыр саалатыгар Сэргэй Сибиэрэп өрөгөйдөөх 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр “Сарсын, сарсын, сарсыарда…” быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырабыт.

14.30 ч. — “Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ” бырайыак ааптара, СӨ култууратын туйгуна, Сэргэй Сибиэрэп – Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл салайааччыта Альбина Алексеевна Федорова уонна холбоһуктаах түмэл пуондатын сүрүн харайааччыта, “Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ” кинигэ хос автора, СӨ култууратын туйгуна Васильева Эмма Васильевна сылгы симэҕин тигиитигэр маастар кылаас ыытыахтара.

Обсуждение закрыто.