Муус устар 10 күнүгэр Намнааҕы история уонна этнография түмэлэ көһө сылдьар быыстапка бырайыагынан «Ытык -Чороон»  диэн түмэл уруогун Сулусчаан оҕо уһуйааныгар «Үрдэл» бэлэмнэнии бөлөххө  ыытта. Чороон суолтатын хайдах, туохтан оҥоһулларын кылгас кээмэйдээх анимация студия «Ойуулук» уһулбут киинэтин кырачааннарга көрдөрдө, кэпсээтэ. Ол кэннэ оҕолор чороону пластилинынан сыбаан оҥорон көрдүлэр, олус сэҥээрдилэр, интириэһиргээтилэр.

 Саха былыргы олоҕун — дьаһаҕын, үлэтин — хамнаһын оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн сырдатан, кэпсээн көрдөрүөхтээхпит. Саха омук итэҕэлин, үгэһин көлүөнэттэн — көлүөнэҕэ тиэрдэн, өбүгэ үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтин оҕолорго уһугуннарыахтаахпыт.   

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ, көһө сылдьар быыстапканы, уруогу ыытта В.В.Федорова

Обсуждение закрыто.