Бүгүн — аан дойдутага түмэл күнэ
Бэҕэһээ П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр ураты ис хоһоонноох быыстапка турда. Ол курдук, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит культура уонна искусство эйгэтин Үтүөлээх үлэһиттэрэ, хас биирдиилэрэ культура эйгэтин сайдыытыгар ураты суолу-ииһи оҥорбут уонна оҥоро сылдьар Саргылаана Саввична уонна Айталина Саввична Адамовалар дьиэтээҕи баай коллекцияларыттан Нам дьонугар көрдөрүүгэ таһаардылар. Бу Адамовтар бастакы быыстапкалара Нам улууһуттан саҕаламмытын киэн тутта бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Нэһилиэнньэ күннээҕи түбүгүн аахсыбакка киэҥ саалаҕа тоҕуоруһа муһуннулар, долгуйа иһиттилэр.
Быыстапка хара маҥнайгыттан олус чэпчэкитик, үөрүүлээхтик аһылынна. Уот да барбыта өссө ордук тупсарбыкка дылы буолла, тыыннаах саҥа дуорайда. дьэллэм ырыа дьиэрэйдэ. Онуоха эбии уот барыыта Адамовтар дьиэ кэргэҥҥэ “күүтүүлээх күндү ыалдьыт” курдук “ураты бэлиэлэрэ” эбит. Ол туһунан манна эрэ баар ыалдьыттар эт кулгаахпытынан истэн ураты сонуну иһиттибит.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар Нам улууһун салайааччылара: Нам улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Юрий Дьяконов, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччы Семен Ядрихинскай, түмэл директора Александр Копырин, коллекционердар түмсүүлэрин салайааччы Мария Аманатова истиҥник эҕэрдэлээн туран сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар. Дмитрий Барабанов тыыннаах ырыата хас биирдии истээччи сүрэҕин курдат аһарта, тыыммакка да олорон иһиттибит. Кини уола 7 кылаас үөрэнээччитэ Святослав Барабанов байаанынан ыллаан дьон кутун тутуон тутта. Инникитин үөрэххэ ылыы да боппуростара хаарылыннылар. “Коробейниктар” ырыа ансаамбыла өрүү да буоларын курдук тэрээһини киэргэттилэр. Ити кэннэ кыһыл лиэнтэ үөрүүлээхтик быһылынна. Ол кэннэ хас биирдии ураты тыыннаах коллекциялар тустарынан Саргылана Саввична уонна Айталина Саввична бэйэлэрэр олус интириэһинэйдик харахха субу ойууланардык кэпсээтилэр. Онон хас биирдии коллекция ураты тыынын, остуоруйатын сиһилии иһиттибит. Коллекциялар ортолоругар, хас түмэл аайы көстүбэт экспонаттар баалларын сөҕө бэлиэтээтибит. Аҥардас түмэллэргэ сыһыаннаах араас дойду значоктара сөҕүмэр элбэҕин бэркиһээтибит. XVIII үйэттэн саҕалаан оҥоһуллубут араас моһуоннаах бэһилэхтэр, ытарҕалар коллекциялара ураты болҕомтону тарта. Быыстапкаҕа А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй мала–үтүлүк Адамовтар ийэлэригэр бэриллэн күн бүгүҥҥэ диэри хараллан биир уникальнай экспонат буолан дьону сэҥээрдэр. Маны таһынан, чуораанчыктар, куукулалар, ырыа инструменнара, статуэткалар, хаартыскалар о.д.а. история араас кэрдиис кэмин көрдөрөллөр. Айталина Адамова ырыа куттаах киһи быһыытынан биллэр эбит буоллаҕына, бу сырыыга уруһуйдьут быһыытынан билиннэ. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуурун сөбүлүүр эбит. Хартыыналара ураты ис хоһоонноохтор, киһи уонна айылҕа биир ситим буолалларын кэрэһэлииллэр.Ити курдук биирдиилээн ураты маллар ураты историяларын быыстапкаҕа кэлээччи истиэ, билиэ турдаҕа…
Быыстапка арыллыытын туһунан Мария Сандаара Баат санаатын бу курдук үллэһиннэ: “Интэриэһинэй дьарыктаах, кэрэни кэрэхсиир аҕас-балыс Саргылана, Айталина Адамовалар быыстапкаларын биһиги Наммыт улууһугар, баараҕай дыбарыаспытыгар аҕалан туруорбуттара олус долгутуулаах уонна сөҕүмэр көстүү буолла. Төрөппүттэрэ туттубут элбэх да тэриллэрин, малларын харааннаан илдьэ сылдьарын олус астына иһиттим.
Саргылана Саввична кэпсээнэ ис иһиттэн дьоҥҥо олус тиийимтиэ, оннооҕор харахпар көрөн ылар курдук, сиэп иһиттэн тугу эрэ хостоон таһааран кэккэлии уурар курдук кэпсиирин наһаа да астынным. Бу таптыыр дьарыктара, төрөппүттэрин тапталын, өбүгэлэрин ситимин тириэрдэр биир сүдү күүстэрэ эбит. Ис-испэр киирэммин киниттэн элбэххэ да үөрэнним, идея да хомуйдум. Оруобуна «биһиги да маннык гыныахпытын сөп ээ”, — диэбит курдук санааттан, кыраны көрдөрүүгэ атыылаһан аҕалан дьоҥҥо көрдөрөр майгыннаһар өрүппүн киниэхэ булан ыллым. Ити көбүөрү картина оҥорбутун хайаан да үтүктүөҕүм, оҕолорбуттан хомуйан ылар эбиппин уонна төттөрү бэлэх оҥорор эбиппин.
Онтон Айталина Саввична талаана олох эриэккэс, мин кинини олох опера ырыаһыта эрэ курдук саныыр этим, киһи үксэ да оннук саныыр буолуохтаах. Хартыыналарын кэпсииригэр тэҥҥэ кини ис туругар киирэн таҕыстым. Араас кэрэ дорҕоон уруһуйугар дьүөрэлэһиитэ киһи тылынан этэн тиэрдибэт биир сүдү талаан эбит».
Дьэ, ити курдук үгүс көрөөччү бэйэтигэр туох эрэ саҥананы, сонуну арыйан, үрдүккэ, кэрэҕэ дьулуһуута күүһүрэн, үөрэн-көтөн, күүс-уох эбинэнбарда. Маннык үтүө күнү бэлэхтээбит дьоммутугар Адамовтар дьиэ кэргэҥҥэ өссө да үлэҕит, таптыыр дьарыкккыт таһаарыылаах, үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕарабыт. Инникитин да норуоккут историятын кэрэһэлиир үтүө үлэҕит сайдан, кэҥээн, сүдү кылаат буола турдун!
Убаастабыллаах Нам улууһун олохтоохторун уонна ыалдьыттарын эһигини барыгытын быыстапканы илэ хараххытынан көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Ураты быыстапка бу дьыл ыам ыйын бүтүүтэ диэри Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр туруоҕа. Киирии билиэт сыаната 50 солкуобай.
Мария И. Петрова