Дойдуга таптал киһи олорор сирин историятын үөрэтииттэн саҕаланар. 2023-24 сс. үөрэх дьылыгар Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия 7 “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Уваровская М.П.) “Бастакылар хамсааһыннара” хамсааһын иһинэн үлэлиир “Хранители истории” бырайыагар кыттыста. Оҕолор улуус историятын үөрэтиитин музейдартан саҕалаатылар.
Ол курдук, намнар киэн туттар тумус дьоммут, Саха сирэ үүнэригэр-сайдарыгар улахан оруоллаах биир дойдулаахтарбыт И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы түмэлигэр, М.К. Аммосов аатын сүгэр СӨ Государственнаһын түмэлигэр, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы историко-этнографическай түмэлгэ уонна П.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири оҥорор түмэлгэ сырыттылар. Маны таһынан, И.Е. Винокуров туһунан айар үлэлэри, сорудахтары толордулар. Онтон Никольскайга сири оҥоруу музейыгар подсолнух олортулар. Үөрэнээччилэр олордубут подсолнухтара ситтэхтэринэ, аны сайын улуус дьоно сөбүлээн өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүөхтэрэ турдаҕа.
Эһиил бу оҕолор салгыы араас хабааннаах бырайыактарга кыттыахтара, билиилэрэ өссө кэҥээн дойдуларыгар тапталлара, бэриниилэрэ өссө күүһүрүөҕэ. Төрөөбүт дойдубут сайдарыгар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбит. “Хранители истории” оҕолоро түмэл бары үлэһиттэригэр умсугутуулаах кэпсээннэригэр, экскурсияны интэриэһинэйдик толкуйдаан ыыппыттарыгар махталларын тиэрдэллэр. https://энсиэли.рф/o5oloru-tereebyt-dojdunu-taptyyrga-yeretii/
А. Слепцова, Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатын үлэһитэ