Төрүт культурабыт биир уратылаах көстүүтүн, төрүт дьарыгын утумнуур, сайыннарар сырдык ыра санаалаах СР культуратын уонна Үөрэҕиирин туйгуна, норуот маастара Анна Гаврильевна Протопопова ыам ыйын 31 күнүгэр «Иэйиим кэрэ оһуора» айар быыстапкатын бар дьоҥҥо анаата.
Хас биирдии айар дьоҕурдаах киһи буочара ураты, араас көрүүлээх дириҥ историялаах буолар. Анна Гаврильевна чочуйан ойуулаан-мандардаан оҥорбут оҥоһуктарын, арааһы, сиэдэрэйи, интэриэһинэйи айбытын кэлбит дьон сөҕө-махтайа көрдүлэр.
Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар эҕэрдэ тылы «Нам улууһа» МТ баһылыгын социальнайбоппуруостарга солбуйааччы Ю.В. Дьяконов, “Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ” МТ баһылыга И.Д. Ноговицын, «Нам улууһа» МТ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын начальнигын солбуйааччы А.Н. Новгородова, З.П. Винокуров аатынан Оҕо искусствотын оскуолатын директора А.С. Афанасьев, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын директора П.Н. Оконешников, Анна Гаврильевна чугас дьүөгэлэрэ, үөрэппит оҕолоро эттилэр.
Анна Гаврильевна үөрэнээччилэрэ улууска, республикаҕа, Россия таһымыгар үгүс ситиһиилэрдээхтэрин, араас быыстапкалар, күрэхтэр кыайыылаахтара буолалларын кэпсээтилэр. Ол курдук араас кэмнэргэ үөрэппит оҕолоро — Евстафьев Алексей – Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ, Ариан Ермолаев – Россия дизайнердарын союһун чилиэнэ, Яна Христофорова – З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта, Прасковья Винокурова– И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын учуутала, Павел Павлов өр сылларга Хатыҥ-Арыы музыкальнай оскуолатыгар художественнай отделение преподавателинэн үлэлээбитэ, Мария Сокольникова – Дьокуускай куораттааҕы градостроительство былаанын оҥорор сүрүннүүр специалист, Прасковья Куличкина– СР уус уран оҥоһуктарын маастара о.д.а. оҕолоро республика араас муннугар айар үлэнэн дьарыктаналлар.
Быыстапка хас биирдии оҥоһуга элбэх үлэттэн оҥоһуллубут, ханна да хатыламматтар, кимиэнигэр да маарыннаабат дьикти, уустук, мындыр эбиттэр.
Күндү Нам улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр «Иэйиим кэрэ оһуора» быыстапканы көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Мария Петрова