БҮТҮН РОССИЯТААҔЫ УУСТАР ТҮҺҮЛГЭЛЭРЭ –НАМҤА

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр ураты күн буолла. Сарсыардаттан ып-ыраас маҥан хаар Эҥсиэли хочотун бүрүйэн дьону-сэргэни соһутта да, үөртэ да. Итини сэргэ күн устата бэрт интэриэһинэй ураты тэрээһин буолла. Ол курдук, IV-с төгүлүн бүтүн Россиятааҕы «Тенгрианствоҕа Айыы Таҥара уонна Уус кыһата» диэн научнай-практическай конференци үрдүк таһымҥа ыытылынна. Тэрийээччилэринэн Намнааҕы история уонна этнография түмэлэ (сал. А.И. Копырин), СӨ тимир уустарын ассоциациатын президенэ, норуот маастара Н.Н. Бурцев – Бахсы Уус уонна норуоттар икки ардыларынааҕы Тенгрии чинчийии фондатын директора, “Айыы Таҥара итэҕэлэ” тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Л.В. Федорова. Конференция үөрүүлээх аһыллыытыгар «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Ю.В. Дьяконов, Нам улууһун культура уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччы С.П. Ядрихинскай эҕэрдэ тылы этэн көрүстүлэр.

Тимири уһаарыы түҥ былыргы дьарык, философията киэҥ. Тимир ууһа ойууну кытта тэҥ таһымҥа турар туспа эйгэлээх киһи буолар. Сиргэ-дойдуга тимир элеменэ элбэх, тыынар тыыммат эттиктэргэ баар. Онон чинчийэр үлэ үгүс. Научнай конференцияҕа Россия араас муннуктарыттан кытыннылар. Видео сибээс нөҥүө Тываттан Куулар С.Н., Бичелдей У.П., Дьокуускайтан В.В. Илларионов, Красноярскай кыраайтан Алексеев М.А. тимир уһаарыытыгар, тимиргэ сыһыаннаах темаларынан билим чинчийээччилэрэ интэриэһинэй дакылааттары аахтылар. Маны сэргэ, Дьокуускайтан, Амматтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Нам улууһуттан бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат ис хоһоонноох ураты дакылааттары иһитиннэрдилэр. Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, бастакы үс конференцияыларга оҕолор кыттыылара суох эбит буоллаҕына бу сырыыга үөрэнээччилэр дакылаат ааҕан кыттыыны ыллылар.

Киэҥ хабааннаах конференция кэнниттэн эбиэттэн киэһээ саха былыргы олоҕор төннүбүккэ дылы буоллубут. Манна ханан да кыырпах хаар түспүтүн айылҕабыт мэлдьэһэн кэбистэ. Өбүгэ олоҕо ырылыччы көһүннэ, халлаан да туран биэрдэ. Манна былыргы таҥастаах саха дьоно саха ынаҕын үүтүн ыан, былыргы таас суорунаҕа бурдук тардан, алаадьы астаан ыалдьыттарга амсаттылар. Өбүгэлэрбит үгэстэрин көрдөрөн туой көһүйэлэргэ куобах, кус, собо буһан ураты минньигэс мииннэри буһардылар. Уус М.Баишев хамаандатын кытта кэлбит ыалдьыттарга ала-чуо бу күҥҥэ анаан оҥоһуллубут тэҥири ымыылаах манньыаталары бэлэхтээтилэр. Туостан уонна сүөгэйтэн көрөн турдахпытына ыас оҥорон дьоҥҥо түҥэттилэр. Никольскайдааҕы сир түмэлэ сахалыы оонньуулары тэрийдилэр.

Ити кэмҥэ сыанаҕа «Умнуллубат уустар өйдөбүнньүктэрэ» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни Маймаҕа нэһилиэгин дьаһалтатын сакааһынан оҥоһулунна. редактор Намнааҕы история уонна этнография түмэлин салайааччыта А.И. Копырин, ааптардар Т.Д. Павлова, Т.Д. Колесова, Т.И. Чекурова, хомуйааччы, таҥааччы В.Д. Попова, кинигэ тас көстүүтүн дизайынын А.С. Николаева буолан оҥордулар.

Нам, Амма, Дьокуускай уустара болгуо тимири таһаараары оһохторун оттон тимирдэрин «буһардылар”. Санатан эттэххэ, уустар оһохторун бука бары тэрээһин иннинэ бэйэлэрэ туойунан оҥорбуттара. Тимир буспутун кэннэ бастакы болгуону тимир ууһа А. Винокуровы кытта икки өттүттэн СӨ культураҕа министирэ А.И. Ноев уонна Нам улууһун культураҕа управлениетын салайааччы С.П. Ядрихинский тэҥҥэ эллээн, охсон таһаардылар. Салгыы Дьокуускайтан Айыы Кыһата гимназия, Нам, Амма уустарын хамаандаларын тимирдэрэ буһан, бука барыларын киэнэ уурбут-туппут курдук тып-тап табылынна. Маны барытын дьон-сэргэ илэ харахтарынан көрдүлэр, эт кулгаахтарынан иһиттилэр. Дьэ, сөҕүөхтэрин сөхтүлэр, махтайыахтарын махтайдылар.

Саха төрүт үгэстэрин сөргүтүү үлэтэ билим уонна практика өттүнэн ис хоһоонноохтук барда. Маннык тэрээһин барара хайҕаллаах да, үөрүүлээх да., харахпытыгар умнуллубаттык хатанна. Кэлбит ыалдьыттар “көрбөтөхпүтүн көрдүбүт, истибэтэхпитин иһиттибит”, “үйэ-саас умнуллубат күнэ буолла”, “тимири уһаарыы, уус дьарыгын уопутун билистибит, айыах-тутуох санаабыт киирдэ», — диэн санааларын үллэһиннилэр. Онон уус түһүлгэтэ тэрээһин сыалын-соругун толору ситтэ.

Мария Петрова

Обсуждение закрыто.