Бүгүн, сэтинньи 11 күнэ, Саха духуобунай лидерэ, уһулуччулаах государственнай деятель, саха советскай литературатын төрүттээбит суруйааччы Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт күнэ.
Историческай наука туоһулуурунан биһиги уһулуччулаах государственнай уонна общественнай деятельбит Максим Аммосов Саха республикатын автономиятын дьаныардаахтык туруулаһан, бастакынан олук ууран олохтоспут киһинэн буолар. Ол саҕана, кини доҕотторо, саха чулуу уолаттара Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, Степан Васильев уонна да атыттар биир өйдөөх санаалаах, биир сомоҕо буола түһэн элбэх утарсыылары, мөккүөрдэри туораан саха норуотун дьылҕатын быһааран сайдар суолга киллэрбиттэрэ. Онон, күн бүгүнүгэр диэри, биһиги кинилэр солообут суолларынан кэллэхпит.
Норуот Максим Кирович өлбөөдүйбэт үтүө аатын умнубат. Ол курдук бүтүн дойдубут (биллэрин курдук, кини Москваҕа эрэ буолбакка, Киргизияҕа, Казахстаҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээбитэ). Республикабыт историятыгар, сайдыытыгар дьиҥ чахчы сүдү суолталаах кылааты киллэрбит киһи үтүөтэ, кэрэмэһэ буолар.
Ол курдук, кини чугас доҕорун Былатыан этиилэрэ чаҕылхайдык туоһулууллар:
Амма Аччыгыйа «Киhи уонна айымньы» диэн кинигэтигэр маннык ахтар: «Биирдэ, саалана сылдьаммыт, Сугун күөл кытыытыгар чэйдии олордохпутуна, эмиэ туох да биллэр ситимэ суох кини Аммосовы өйдөөн тугу эрэ саҥарбыта. Онуоха мин ыйыппытым:
-Максим Кирович туох эмэ итэҕэстээх этэ дуо, эн санааҕар, Платон Алексеевич?
— hы! Киһи буолан баран итэҕэhэ ханна барыай, доҕор! – диэбитэ кини, соhуйбут курдук.
— Холобура?
— Холобура дуо?.. Холобура буоллаҕына… Туох итэҕэстээх киhи эбитэ буолла… Чэ, холобура, кини, Максим, араас саҥаттан саҥа уураахтар бырайыактарын оҥортуу охсоро уксэ бэрт буолара. Саҥардыы ылыммыт уураахпыт бар дьоҥҥо ситэ тарҕана да илигинэ, Максим саҥа уураах бырайыагын суруйа охсон аҕалан:“Платон, Платон, көр эрэ, биhиги маннык уурааҕы ылыннахпытына, хайдах буолуой?” — диэн буолар…– Чэ, итинтэн атын итэҕэстээҕин мин өйдөөбөтүм ээ. Мэлдьи сыыстан – бөхтөн өрө тэйэ, үөрэ – көтө, үлэлии – хамныы сылдьар киhи…
Ону бигэргэтэн кинилэр күүстээх доҕордоhууларын Суорун Омоллоон «Аман Өс» кинигэҕэ ахтар: «Ойуунускай бэйэтин ис санаатын, дууhатын кичимэллээх кистэлэҥин иккигэ эрэ эрэнэн, итэҕэйэн туттарара. Биирдэрэ – доҕоро Максим Аммосовка. Иккиhэ – бэйэтин поэзиятыгар.»
Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай (1893-1939) Саха советскай литературатын төрүттээччи, поэт, прозаик, драматург, ученай – филолог, Саха сирин автономиятын төрүттэспит биллиилээх общественнай, политическай деятель. 1893 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Таатта оройуонун III-Дьохсоҕон нэhилиэгэр үөрэҕэ суох дьаданы бааhынай ыалыгар төрөөбүтэ.
Гражданскай сэрии саҕана, 1919 сыллаахха, Томскай губерниятыгар Колчак былааhынан сыылкаҕа утаарыллан, өлөр-тиллэр мүччүргэнигэр сылдьан, үйэлээх сааhын үтүө доҕоругар Максим Кирович Аммосовка «Син биир буолбаат?!!» диэн аатырбыт хоhоонун анаабыта.
Син биир буолбаат?!!
(Максим Киирэбис Омуоhапка)
быhа тардан
Аарт-татай! Алаата оҕолор!
Аан-ийэ дайдыбыт үрдүгэр,
Саха хамначчытын иннигэр
Сардаҥалаах ааны аһаарыбыт —
Күүрээннээх мөккүөрү күүрдэммит,
Күүстээх үлэни үлэлээммит —
Хараҥа олох халбарыйарын иннигэр
Ханна да бараммыт
Хара хааммыт тохторо
Син биир буолбаат?!!…
… Өстөөхтөн өлөр да күннээх буоллахпытына,
Төрөөбут ийэ буор сирбитигэр
Төннөн, өлбөтөхпүт даа!-диэммин
Хомойорбун билбэппин,
Хоргутарбын көрбөппүн…
…Кэнтиккэ да охтуохпут буоллар,
Кэрээнэ суох кэпсэтэр дьон буолуохпут,
Хараҥа олох халбарыйарын иннигэр
Ханна да сылдьаммыт
Хааммыт тохторо
Син биир буолбаат?!!
Сир үрдэ киэҥ —
Аан-ийэ дайдыбытыттан
Арахсыбыппыт да иhин,
Уоттаах улуу модун санаабыт
Уҕарыйыа дии санаабаппын.
1919 с. Казаанка
Бу курдук кинилэр күүстээх, быстыбат доҕордуулар эбиттэр! Иккиэннэрин ааттара куруук бииргэ… Кинилэр биир үөрэххэ бииргэ үөрэммиттэр, биир хоско бииргэ олорбуттар. Ол хоско төһөлөөх кинилэр истиҥ, төрөөбүт дойдуларын, норуоттарын көмүскүүр туһунан кэпсэтиилэрэ, мөккүөрдэрэ хаалбыта буолуой? Ону ол хос истиэнэтэ эрэ биллэҕэ… Кинилэр олорон ааспыт олохторугар баар этэ барыта: бастакы Саха интеллегенциятын төрүттүүр эдэр ыччат куруһуоктара, сыылкаҕа кэлбит большевиктар-ленинистэр подпольнай куруһуоктара, революция, гражданскай сэрии ыар сыллара онтон саҥа социалистическэй олох тутуллуута…
Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай, 31.10.1939с. Дьокуускай хаайыытын балыыһатыгар өлбүт.
Максим Кирович Аммосов – Чаҕылхай Махсыым 28.07.1938с. ытыллан өлбүт (расстрел).