Бүгүн биһиги түмэл эрэллээх доҕоро, Борис Иванович Павлов — Кэм, 65 сааһын туолар юбилейдаах күнэ!
Кини баар буолан Нам улууһун бэчээттэнэр кинигэтэ үүнэ-сайда чэчириир, саҥа сыккыс буолан тохтообокко устар, инникини түстүүр, саҥа саҕахтары аһар.
Борис Иванович кыһамньылаах үлэтэ биһиэхэ эрэллээх сулус буолан күлүмнүү умайар, үрдүктэн үрдүккэ угуйар. Баҕарабыт айар үлэтэ уҕараабатыгар, сонунтан сонун айымньылара дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ыллыннар, ыллыктаах суоллара арылынныннар! Доруобай буол, дьоллоох буол!
Нам түмэлиттэн бары доҕотторуҥ