Сэтинньи 19 күнүгэр Нам улууһугар дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр ураты ис хоһоонноох быыстапка турда. Ол курдук, Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх, сэрии бэтэрээнэ Петр Данилович Гуляев сыдьааннара айан таһаарбыт оҥоһуктарынан «Айар кут абылаҥа» быыстапканы көрдөрүүгэ таһаардылар. Нэһилиэнньэ күннээҕи түбүгүн аахсыбакка киэҥ саалаҕа тоҕуоруһа муһуннулар, долгуйа иһиттилэр. умсугуйа көрдүлэр.
Быыстапка хара маҥнайгыттан олус чэпчэкитик, үөрүүлээхтик аһылынна. Петр Данилович Гуляев туһунан билиһиннэрдэххэ, кини кэргэнинээн, Кэбээйиттэн төрүттээх Анастасия Иосифовналыын сүрэхтэринэн холбоһон 8 оҕоҕо күн сырдыгын бэлэхтээбиттэр. Петр Данилович өр сылларга Намнааҕы лесопууҥҥа мас кэрдээччинэн үлэлээбитэ. Кини араас матырыйаалтан: мастан, тимиртэн, үрүҥ көмүстэн, муостан олус кэрэ оҥоһуктары оҥороро, талааннаах уруһуйдьут этэ. Билигин кини айар дьоҕурун утумнаабыт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ биһиги ортобутугар айа-тута сылдьаллар.
«Айар кут абылаҥа» быыстапкаҕа Гуляевтар сыдьааннарыттан кыыстара Элеонора Петровна Лугинова куукулалара дьон-сэргэ болҕомтотун тардыан тарта. Элеонора Петровна бэйэтэ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ, нэһилиэнньэ кинини үрүҥ халааттаах аанньал быһыытынан билинэр эбит буоллаҕына, бу күн кини ураты маастар быһыытынан көһүннэ. Киһи ылбычча оҥорон барбат оҥКуукула оҥоһуутунан дьарыктаммыта уонча сыл буолбут эбит. Кистэлэҥ дьарыгын туһунан оннооҕор бииргэ үлэлиир коллегалара саҥардыы билэн сөхтүлэр. Кини оҥоһуктарын аан маҥнай “Кэҥкэмэ” туристическай базатыгар көрөн
Быыстапкаҕа кыра уоллара Григорий Петрович Гуляев ийэтин мэтириэтин уруһуйдаабыта турда. Сиэн балтылара Луиза Титовна Гуляева араас техниканан уруһуйдаабыт хартыыналара, тирииттэн паннота уонна куукулалара; улахан сиэн Анастасия Владимировна Гаврильева баататтан харыйа киэргэллэрэ, фоамирантан оҥоһуктара; сиэннэрэ Вероника Юрьевна Винокурова тааска туочука техникатынан оҥорбут сахалыы харысхаллара; хос сиэннэрэ Виолетта Винокурова туойтан оҥорбут киэргэллэрэ, Вилена Винокурова кумааҕынан оҥоһуктара, Сережа Аргунов полимернай туойунан оҥоһуктара, Амелия Колмогорова эпоксиднай сымалаттан оҥорбут киэргэллэрэ, Виталина Малеева оҕуруонан тиспит брошката уонна таҥас оонньуурдара, Любовь Гуляева гиипсэттэн оҥоһуктара, Илья Прокопьев картонтан танката дьон көрүүтүгэр турдулар. Кэлбит дьон талааннаах сыдьааннар айан, чочуйан, элбэх сыраттан тахсыбыт уран оҥоһуктары көрөн харахтарын сымнатан, дууһаларын манньытан ыллылар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылы “Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Е.А. Протопопов, “Нам улууһа” МТ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччы С.П. Ядрихинскай, Намнааҕы история уонна кыраайы үөрэтэр түмэл директора А.И. Копырин, Намнааҕы социальнай геронтологичексай киин директора И.И. Сивцева, Намнааҕы социальнай геронтологичексай киин стационарын сэбиэдиссэйэ Н.И. Васильева, Нам улууһун дьаһалтатын олохтоох бэйэни салайыныы кытта үлэҕэ, тэрийэр уонна кадровай управление начальнига М.С. Макарова, урбаанньыт, Гуляевтар аймах күтүөттэрэ Ю.П. Ермолаев уонна да атыттар эттилэр.
Быыстапкаҕа турбут оҥоһуктар ааптардара хас биирдиилэрэ ураты буочардаахтар, араас эгэлгэ көрүүлээхтэр. Хас биирдиилэрэ араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлииллэрин таһынан сөбүлүүр дьарыктаахтар. Кинилэри Петр Данилович айар абылаҥын дьоҕура биир ситимниир.
Дьон талаана муҥура суох. Бу курдук талааннаах, дьарыктаах дьоммут айар-тутар үлэлэрин көрдөрөр тэрээһиннэри тэрийэрбит наадалаах да, туһалаах да. быыстака сэтинньи бүтүүтүн диэки туруоҕа, онон Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр бука барыгытын кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Мария Петрова